
Эрдэҕэс уол Самуил
Библия, I Саарыстыбалар кинигэ 3 түһүмэҕэ
Израиль дьоно эрэннэриллибит сирдэригэр олорбуттара хайыы-үйэ элбэх сыл ааспыта. Кинилэр дьиэ туттубуттара, бааһыналары хоруттарбыттара, виноград үүннэрэр сирдэрин оҥостубуттара. Мэлдьи бэйэлэрин сирдэрин өстөөхтөртөн көмүскүүллэрэ.
Кумах куйаарга сылдьар кэмнэригэр Таҥара уон кэриэстээх суорба таастарын харыстаан уура сылдьыбыт Ытык Отуулара, эбэтэр скиниялара, билигин хайа үрдүгэр дьэндэйэн турара. Дьон онно тиийэн Таҥараҕа үҥэрэ эбэтэр сиэртибэ биэрэрэ.
Илий диэн аҕабыыт Ытык Отууга киирэр аан аттыгар олорон, кэлбит дьону көрсөрө. Кини кырдьаҕас буолан аҕабыыт эбээһинэстэрин толорбот этэ, кини оннугар уолаттара оҥороллоро. Ол гынан баран, хомойуох иһин, уолаттара Таҥараҕа истигэнэ суох этилэр, элбэх аньыыны оҥороллоро. Илий ону барытын билэрэ, олус хомойоро уонна кинилэргэ сыыһа гыналларын өйдөтө сатыыра да, уолаттара ону улахаҥҥа уурбаттара.
Арай биирдэ Илийгэ кыра уолу сиэппит дьахтар кэлбитэ:
— Мин аатым Анна. Хас да сыллааҕыта манна, скиния иннигэр, Таҥараттан миэхэ уол оҕону биэрэригэр көрдөспүтүм. Оччолорго олус ыксаабытым. Өйдүүгүн дуо, суламмыппын-ытаабыппын? Оттон билигин мин дьоллоохпун. Бу мин уолум, — дьахтар уолун таптыыр хараҕынан көрбүтэ. — Онно эн Таҥара үҥэргин истиэҕэ диэбитиҥ. Уолум аата Самуил, кинини эйиэхэ хаалларабын. Кини Таҥараҕа үлэлииргэр көмөлөһүөҕэ. Мин кинини Таҥараҕа аныаҕым диэн андаҕайбытым.
— Таҥара алҕаатын эйигин, Самуил, — диэбитэ Илий. — Миигин батыс, олорор сиргин көрдөрүөм.
Самуил Илийгэ көмөлөһөрүн сөбүлүүрэ.
Биир киэһэ Самуил сылайан кэлэн, Ытык Хоппо аттыгар утуйан хаалбыта. Эмискэ ким эрэ кинини аатынан ыҥырарыттан уһуктан кэлбитэ.
— Ким миигин ыҥырарый? — Самуил ыйыппыта.
Ким да хардарбатаҕа. Уол Илийгэ сүүрэн тиийбитэ.
— Эн миигин ыҥырдыҥ дуо? — диэн киниттэн ыйыппыта.
— Суох, — диэбитэ Илий, — мин эйигин ыҥырбатаҕым, баран утуй.
«Дьикти эбит», — дии санаабыта Самуил, төттөрү тиийэн салгыы утуйбута.
— Самуил! — эмиэ кинини ыҥыралларын истэн, кутталыттан дьик гыммыта.
Кини түргэнник Илийгэ сүүрэн тиийбитэ.
— Бу сырыыга баҕас эн миигин ыҥырдыҥ ини?
— Суох, уолчааным, мин эйигин ыҥырбатаҕым, — төбөтүн илгистибитэ Илий. — Баран утуй!
Самуил үһүстээн утуйбута. Кинини аатынан ыҥырар ким эрэ дорҕоонноох куолаһын эмиэ истибитэ. «Бу сырыыга баҕас алҕас истибэтим!», — дии санаабыта Самуил уонна эмиэ Илийгэ сүүрэн тиийбитэ.
— Мин бу баарбын, Илий. Эйиэхэ туох эмэ наада дуо?
Аҕабыыт Самуилы Таҥара ыҥырарын дьэ өйдөөбүтэ.
— Төттөрү бараҥҥын утуй. Таҥара өссө биирдэ эйигин ааккынан ыҥырдаҕына: «Бу баарбын, Айыы Тойон, кулутуҥ Эйигин истэр!», — диэр.
Самуил аа-дьуо оронугар сытан эрэ кэтэспитэ. Эмискэ эмиэ саҥа иһиллибитэ:
— Самуил, Самуил!
— Бу баарбын, Айыы Тойон, кулутуҥ Эйигин истэр! — Самуил титирэс куолаһынан симиктик хардарбыта.
Таҥара киниэхэ эппитэ:
— Мин Илий дьиэтигэр дьүүлбүн ыытыам. Кини уолаттара арааһы оҥорон Таҥара аатын хараардалларын билэр эрээри, кинилэри тохтоппотоҕун иһин Мин кинини накаастыам. Иккиэн биир күҥҥэ өлүөхтэрэ.
Самуил Айыы Тойон итинник дьулаан илдьитин истэн сарсыарда буолуор диэри хараҕын симпэтэҕэ. Күн тахсыыта Самуил скиния аанын аспыта.
— Таҥара бөөлүүн эйиэхэ тугу эттэ? — диэн Илий ыйыппыта.
Самуил бастаан утаа саҥарбатаҕа, Таҥара дьулаан билгэтин этиэн баҕарбатаҕа. Ол эрээри барытын Илийгэ кэпсииргэ быһаарыммыта. Аҕабыыт ону истэн чочумча саҥата суох турбута, онтон кэҕис гынан баран, санаарҕабыллаахтык эппитэ:
— Өскөтө Таҥара эппит буоллаҕына — туолуоҕа. Кини — Айыы Тойон.
Ол түүн Таҥара Самуилга тугу эппитэ барыта хас да сыл буолан баран туолбута.
Сыллар ааһан испиттэрэ, Самуил улааппыта, оттон Таҥара мэлдьи кинилиин бииргэ этэ. Израиль дьоно бары Самуил Таҥара пророга буолар чиэскэ тиксибитин билбиттэрэ. Айыы Тойон киниэхэ улахан кырдьыктары арыйара, оттон Самуил ону Израиль норуотугар тиэрдэрэ.
Кэпсэтиигэ ыйытыылар
3 ыйытыыИлий тугу гыммытын Таҥара сөбүлээбэтэҕий?
Айыы Тойон Самуилы хас төгүл ыҥырбытый?
Таҥара Самуилга тугу эппитий?