
Тавифаны тилиннэрии
Библия, Апостоллар дьайыыларын 9 түһүмэҕин 36-42 хоһоонноро
Биирдэ Петр апостол Иерусалимтан сүүрбэ километр ыраах томтордор быыстарыгар сытар Лидда диэн дэриэбинэҕэ барбыта. Бу сир үгүс олохтоохторо Айыы Тойон Иисуһу итэҕэйэллэрэ, онон Петр кинилэргэ сылдьарын сөбүлүүрэ. Биир Еней диэн улаханнык ыалдьар, босхоҥноон ороҥҥо аҕыс сыл устата сыппыт киһи баара. Петр киниэхэ эппитэ:
— Еней! Эйигин Иисус Христос үтүөрдэр. Оронтон тур!
Еней сонно тута оронуттан туран кэлбитэ. Петр «мин эмтиибин» диэбэтэҕэ, тоҕо диэтэр, Христос эрэ күүһэ ыарыһахтары эмтиирин билэрэ. Еней ыалдьарын билэр дьон кинини көрө охсоору ыксаабыттара, үтүөрбүтүн көрөн элбэх киһи Айыы Тойону ылыммыта.
Лиддаттан отут километр ыраах сиргэ муора кытылыгар Иоппия диэн куорат баара. Лидда сорох олохтоохторо онно тиийэн Петр апостол Иисус Аатын ааттаан туран, босхоҥ ыарыһаҕы үтүөрдүбүтүн, күүһүн чөлүгэр түһэрбитин туһунан кэпсээбиттэрэ.
Ону истээт, куорат олохтоохторо Петр апостолы бэйэлэригэр ыҥырбыттара, тоҕо диэтэр, бу кэмҥэ кинилэр сиэркэптэригэр сылдьар дьахтар ыалдьан өлбүт этэ. Бу дьахтар Тавифа диэн ааттааҕа. Тавифа дьадаҥыларга үгүстүк көмөлөһөрө, онон дьон кинини олус аһыйбыта. Доҕотторо кинини көмөөрү бэлэмнэммиттэрэ, ол эрээри көмүөхтэрин иннинэ Петры кэлэ сырыт диэн көрдөспүттэрэ. Петр Иоппияҕа кэлээт, Тавифа көмөлөспүт чугас доҕотторо уонна огдообо дьахталлара мустубут хосторугар киирбитэ. Дьахталлар ытыы-ытыы Тавифа тигэн биэрбит таҥастарын апостолга көрдөрбүттэрэ. Киниэхэ олус убаммыт этилэр, тоҕо диэтэр, Тавифа кинилэри олус таптыыра.
Петр барыларын хостон тахсалларыгар көрдөспүтэ. Тахсыбыттарын кэннэ сөһүргэстээн туран Айыы Тойоҥҥо үҥпүтэ, онтон бокуонньукка туһаайан эппитэ:
— Тавифа! Тур.
Дьахтар хараҕын аспыта, Петры көрбүтэ уонна олоро түспүтэ. Апостол киниэхэ илиитин уунан турарыгар көмөлөспүтэ, ол кэнниттэн долгуйа кэтэһэн турбут итэҕэллээхтэри уонна огдообо дьахталлары киллэрбитэ. Кинилэр тыыннаах Тавифаны көрөн олус да үөрбүттэрэ!
Айыы Тойон Петр көрдөһүүтүнэн оҥорбут дьиктитин туһунан бары истибиттэрэ уонна үгүстэрэ Кинини итэҕэйбиттэрэ.
Кэпсэтиигэ ыйытыылар
3 ыйытыыПетр Лиддаҕа ким диэн ааттаах босхоҥ киһини үтүөрдүбүтүй?
Петры ханнык куоракка ыҥырбыттарый? Тоҕо Тавифаны бары таптыыр этилэрий?
Тавифа хайдах тиллибитий?