Итэҕэлинэн сүрэхтэнииы

Итэҕэлинэн сүрэхтэнииы

Библия, Апостоллар дьайыыларын 8 түһүмэҕин 26-39 хоһоонноро

Олус сиэдэрэй колесница кумах куйаар устун аа-дьуо айаннаан испитэ. Чарапчы анныгар биир маанытык таҥныбыт эр киһи олороро, таһыттан көрдөххө Африка олохтооҕо. Кини туохха да аралдьыйбакка, түрдьэ кумааҕыны ааҕара.

Кини дойдутугар Эфиопияҕа баай уонна биллиилээх киһи, хааһынаны тутар үрдүк сололоох үлэһит быһыытынан биллэрэ. Ол да үрдүнэн бэйэтин дьоллоох курдук санаммата. Кини элбэх ыйытыыларга сатаан хоруйдары булбат этэ. Холобур: туох сыаллаах олоробунуй? Өлбүтүм кэннэ туох күүтэрий? Аньыыларбын ким бырастыы гыныай? Ким миигин хайдах баарбынан таптыаҕай?

Таҥара былыр хаһан эрэ Израиль норуотун кытта бииргэ буолаары уонна олорорго үөрэтээри талан ылбытын үрдүк сололоох үлэһит истибитэ. Ол иһин кини Иерусалимҥа сылдьыан, храмҥа киирэн үҥүөн, долгутар ыйытыктарыгар хоруй ылыан баҕарара. Ол гынан баран Израиль норуотугар киирсибэтин иһин кинини храм иһигэр киллэрбэтэхтэрэ. Онон ыйытыктарыгар хоруй кыайан ылбатаҕа.

Ол да буоллар Иерусалимҥа айаннааһына халтайга хаалбатын туһугар кини ыарахан сыаналаах түрдьэни атыыласпыта. Онно Исаия пророк элбэх сыл анараа өттүгэр эппит бары этиилэрэ суруллубуттар этэ.

Билигин үрдүк сололоох киһи дьиэтигэр төннөн иһэрэ уонна пророк этэр ханнык эрэ киһитэ Бэйэтин баҕатынан эрэйи-муҥу көрсөн өлбүтүн, Киниэхэ элбэх киһи бас бэриниэхтээҕин туһунан колесницаҕа олорон аахпыта. «Бу суолтата туох эбитэ буолла?» – диэн саҥа аллайбыта. Арай ким эрэ киниттэн ыйыппыта:

– Эн тугу ааҕаргын өйдүүгүн дуо?

Бу Филипп этэ. Таҥара апостолга кумах куйаар суолугар таҕыс диэн соруйбута. Онно тахсан Филипп бу хара тириилээх тойон киһи пророк Исаия кинигэтин саҥа таһааран ааҕа олорорун көрбүтэ.

– Аахпыппыттан тугу да өйдөөбөтүм, – диэбитэ Эфиопия киһитэ. – Эн билэр буоллаххына, миигин кытта барыс уонна барытын быһааран биэр.

Филипп колесницаҕа тахсан үрдүк сололоох киһи аттыгар олорбута.

– Пророк манна ким туһунан этэрий? – диэн Эфиопия киһитэ Филиптэн ыйыппыта.

– Иисус туһунан, – диэн хардарбыта кини.

– Иисус? Кимий ол?

Филипп Иисус туһунан кэпсээбитэ: хайдах Кини ыарыһахтары үтүөрдүбүтүн, дьиктилэри оҥорбутун, төһө элбэх киһиэхэ көмөлөспүтүн, фарисейдар уонна аҕабыыттар хайдах курдук Кинини абааһы көрбүттэрин, уонна, тиһэҕэр, Рим олохтоохторун көмөлөрүнэн өлөрбүттэрин.

– Хомолтолоох эбит, – саҥа таһааран толкуйдаабыта үрдүк сололоох, – мин үөрүүнэн Кинини кытта билсиэм этэ.

– Эн билигин да Кинини кытта билсиэххин сөп! – диэбитэ Филипп. – Тоҕо диэтэр Кини тиллибитэ!

Апостол Эфиопия киһитигэр тугу көрбүтүн-истибитин кэпсээбитэ: Иисус тиллиитин, халлааҥҥа тахсыытын уонна Айыы Тыын туһунан. Ону таһынан өссө Иисус үөрэнээччилэрэ, Киниэнэ буолалларын көрдөрөн, сүрэхтэммиттэрин туһунан кэпсээбитэ.

– Мин эмиэ сүрэхтэниэхпин баҕарабын! – ис сүрэҕитттэн баҕаран туран эппитэ үрдүк сололоох киһи.

– Өскөтүн ис сүрэххитэн Иисуһу итэҕэйэр буоллаххына, мин эйигин үөрүүнэн сүрэхтиэҕим, – диэн хардарбыта Филипп.

Эфиопия киһитэ сөбүлэһэн тоҥхох гыммыта:

– Иисус Христос – дьиҥ Таҥара Уола диэн итэҕэйэбин!

Колесница уу аттынан ааһан истэҕинэ, кинилэр тахсыбыттара уонна Филипп Эфиопия киһитин сүрэхтээбитэ.

Үрдүк сололоох үлэһит сүрэҕэ үөрүүнэн туолбута. Кини Филипкэ махтанаары гыммыта киһитэ хайыы-үйэ сүтэн хаалбыт этэ. Ол да буоллар Эфиопия киһитэ аны Иисус кинини кытта наар бииргэ буоларын билэрэ, ол иһин үөрэ-көтө айанын салҕаабыта.

Ыйытыктар:

1) Филипп тоҕо кумах куйаар суолугар тиийбитий?

2) Үрдүкү сололоох киһи туох сыаллаах Иерусалимҥа кэлбитий?

3) Кини Библияттан ханнык кинигэни аахпытый? Филиптэн

тугу ыйыппытый?

4) Эфиопия киһитэ сүрэхтэниэн иннинэ туох туһунан туоһулаабытый?

5) Кини тоҕо үөрэ-көтө айанын салҕаабытый?

96. Итэҕэлинэн сүрэхтэнииы00:00 / 05:51