
Дьадаҥы огдообо дьахтар харчытын угуута
Библия, Марк Евангелиятын 12 түһүмэҕин 41-44 хоһоонноро
Иисус Иерусалимҥа кэлэн баран, үөрэнээччилэрин кытта храм тас өттүгэр тахсыбыта. Кини харчы угар иһит утары дьон харчы биэрэрин кэтээн көрө олорбута. Баай иудейдар элбэх харчыны биэрэллэрэ, ол гынан баран дьон кинилэргэ болҕомтолорун ууралларын туһугар, көрдөрөн туран угаллара.
Арай биир дьадаҥы огдообо дьахтар тиийэн кэлбитэ уонна икки бытархай манньыаты харчы угар иһиккэ түһэрбитэ. Иисус бу харчы дьадаҥы дьахтарга хайдах курдук суолталааҕын билэрэ. Кини Бэйэтин үөрэнээччилэрин ыҥыран ылан эппитэ:
– Бу дьадаҥы огдообо дьахтар барыларыттан элбэҕи көмөлөстө. Тоҕо диэтэр бары бэйэлэрин ордук харчыларын биэрбиттэрэ, оттон кини буоллаҕына айаҕар эрэ тиийэр кырыымчык харчытын олоччу укта!
Бу үөрэнээччилэргэ үчүгэй холобур буолбута. Иисус кинилэргэ Таҥара төһөнү сиэртибэлээбиттэрин буолбакка, сиэртибэ биэрэр киһи сүрэҕин көрөрүн көрдөрүөн баҕарбыта! Кэлэр кэмҥэ кинилэр сиэркэп туһугар кыһаллалларыгар ити курдук быһыыланыах тустаахтар!
Кэпсэтиигэ ыйытыылар
3 ыйытыыХрам таһыгар Иисус уонна үөрэнээччилэр болҕомтолорун туох тардыбытый?
Тоҕо храмҥа биэрбит улахан кээмэйдээх сиэртибэлэргэ Иисус кыһамматаҕый?
Иисус үөрэнээччилэригэр тоҕо дьадаҥы огдообо дьахтары холобур оҥостубутуй?