Хараҕа суоҕу көрөр оҥоруу

Хараҕа суоҕу көрөр оҥоруу

Библия, Марк Евангелиятын 10 түһүмэҕин 46-52 хоһоонноро

Иисус үөрэнээччилэрин уонна да атын дьону кытта Иерихонтан тахсан Иерусалимҥа баралларыгар бары билэр умнаһыттара Вартимей суол кытыытыгар олорбута. Вартимей хараҕынан көрбөт этэ, онон, сатаан аһыыр аһын булуммат буолан, умнаһыттыырыгар эрэ тиийэрэ.

Кини курус сирэйдээх күн ахсын суол кытыытыгар олороро. Хайдах курдук кини тулатын көрүөн баҕарар этэй: дьону, сибэккилэри, хайалары уонна хочолору!

Биирдэ киниэхэ ким эрэ Иисус көрбөттөрү көрөр оҥорор диэн кэпсээбитэ.

«Өскөтүн ол Иисус мин харахпын эмтиирэ эбитэ буоллар бэрт да буолуо эбит, — дии санаабыта Вартимей. –Ол эрээри мин көрбөт киһи хайдах Иисуһу булуохпунуй?»

Биирдэ Вартимей куруутун буоларын курдук суол кытыытыгар олорбута. Уулуссаҕа туох эрэ ураты буолан эрэрин тыаһыттан сэрэйбитэ. Симиктик ааһан иһээччилэртэн ыйыталаһа сатаабыта.

— Ээй, туох буолан эрэрий?

Ким эрэ эппиэттээбитэ:

— Иисус иһэр!

— Иисус?!

Вартимей аймана түспүтэ. Кини улаханнык хаһыытаабыта:

— Иисус, миэхэ көмөлөс! Иисус, миигин аһын!

— Тохтоо эрэ! — ааһан иһээччилэр кинини тохтото сатаабыттара. — Аһара улаханнык үөгүлээмэ! Иисус тула онто да суох элбэх киһи. Эн хаһыыҥ эрэ Киниэхэ тиийбэт!

Вартимей дьон тохтоторун истибэтэҕэ.

— Иисус, миэхэ көмөлөс! — диэн хаһыытыырын кубулуппатаҕа.

Иисус, Вартимей хаһыытын истэн, тохтообута.

— Ити хаһыытыыр киһини Миэхэ аҕалан кулуҥ! — диэн Иисус көрдөспүтэ.

Үөрэнээччилэр Вартимейга кэлбиттэрэ:

— Иисус эйигин иһиттэ уонна Бэйэтигэр ыҥырар. Киниэхэ бар.

Вартимей ойон турбута, иннин диэки дьүккүйбүтэ. Ким эрэ кинини илиититтэн ылан, Иисуһу тулалыыр дьон быыһынан ааһарыгар көмөлөспүтэ.

— Миигиттэн тугу көрдөһүөххүн баҕараҕын? — диэн эйэҕэс куолаһы Вартимей истибитэ.

— Тойонуом, мин көрөр буолуохпун олус баҕарабын! — мэктиэтигэр кэлэҕэйдээн ылбыта.

Иисус хардарбыта:

— Көрөр буол! Итэҕэлиҥ эйигин быыһаата!

Сонно тута Вартимей хараҕа көрөр буолан хаалбыта! Тулата сырдыы түспүтэ! Кини олоҕор аан бастаан аан дойду эгэлгэ өҥүн-дьүһүнүн көрбүтэ! Бу туохха да холооно суох этэ! Билигин кини аттыгар турар Иисус сирэйин көрөр кыахтааҕа. Бу сирэй хайдахтаах курдук тапталынан уонна үтүөнэн сандаарарый! Вартимей Айыы Тойоҥҥо хайдах махтаныаҕын билбэтэҕэ!

Кини үөрүүтүттэн кыра оҕолуу ойуоккалаабыта, Таҥараны уруйдаабыта-­айхаллаабыта. Уонна Иисус доҕотторун кытта айанын салҕаабытыгар кинилэргэ кыттыспыта.

Кэпсэтиигэ ыйытыылар

3 ыйытыы
  1. Иерихоҥҥа баар хараҕа суох киһи аата кимий?

  2. Хараҕа суох киһи Иисуһу ким диэн ааттаабытый? Кини тугу көрдөспүтүй?

  3. Кини хараҕынан көрөр буолан баран хайаабытый?

77. Хараҕа суоҕу көрөр оҥоруу00:00 / 04:51