
Муммут хой туһунан номох
Библия, Лука Евангелиятын 15 түһүмэҕин 3-7 хоһоонноро
Биирдэ Иисус сокуонньуттарга уонна фарисейдарга маннык номоҕу кэпсээбитэ. Биир маныыһыт хойдорун олус кыһаллан туран маныыра, бүөбэйдиирэ. Кини сүүс хойуттан биири да сүтэрбэт гына кэтиирэ-маныыра. Ити курдук үчүгэй маныыһыт этэ, хойдорун олус таптыыра уонна күн бүтэһигэр бары тот уонна эчэйбэккэ төннөллөрүн туһугар барытын оҥороро. Арай биир киэһэ үөрүн аахпыта тоҕус уон тоҕус эрэ хой баар эбит.
Маныыһыт иккистээн аахпыта — эмиэ тоҕус уон тоҕус! Ол аата биир хой сүппүт — дириҥ эмпэрэҕэ түспүт эбэтэр, баҕар, кинини бөрө сиэбитэ буолуо?! Хайаан да кинини буллахха сатанар!
Маныыһыт өссө биирдэ үөрүн кичэйэн көрбүтэ — биир кыра, муннугар харалаах хой оҕото суох эбит.
Олбуорун аанын олуйан баран, маныыһыт көрдүү сүүрбүтэ. Биллэн турар, кини тоҕус уон тоҕус хойун көрүүтэ суох хаалларбытын санаатаҕына сүрэҕэ ытырбахтыыра, ол эрээри сүппүт хой оҕотугар өлөр куттал хас мүнүүтэ аайы суоһуура. Онон бытаарар сатаммат.
Кини долгуйара бэрт буолан, олус түргэнник сүүрбүтэ, хайаҕа сэниэтэ барыта эстэн тиийбитэ. Уоскуйара табыллыбат — көрдөөһүнэ дьэ саҕаланнаҕа. Сотору буола-буола тохтоон кыра хойун хаһыытаан ыҥырара уонна хардаран мэҥириэ диэн иһиллии сатыыра. Ол эрээри бэйэтин эрэ хаһыыта тулалыыр хайаларга охсуллан ой дуораана буолан эргиллэн кэлэрэ…
Эмпэрэҕэ эрэ түспэтэх буоллун! Кыра томтордорго тахсан иһэн кини хат-хат хойун ыҥырара.
— Бэ-э-э! — эмискэ хантан эрэ мэҥириирэ иһиллибитэ.
Маныыһыт онто да суох сүүрбүтүттэн күүскэ тэппит сүрэҕэ билигин үөрүүтүттэн түөһүттэн уһулу ыстанан тахса сыспыта. Кини хойун оҕото тыыннаах!
Мэҥирээһин иһиллэр сирин диэки ыстаммыта. Бу турар эбит кини сүтүгэ! Барахсан туруору таас кыра чорбоҕоругар иннин да, кэннин да диэки барар кыаҕа суох тураахтыыра.
Маныыһыт эмпэрэ эниэтигэр хой оҕотугар тиийэр ыллык баҕар баара буолаарай диэн тулатын көрбүтэ.
— Кутталаах да буоллар баар эбит, — диэн кини быһаарбыта.
Маныыһыт сэрэнэн аллара түспүтэ, хой оҕотун санныгар сүгэн баран үөһэ ыттан барбыта. Хайдахтаах курдук кини дьоллоох этэй! Хой оҕото хаһаайынын моонньугар ыга сыстыбытыттан сылыктаатахха, кини быыһаммытыттан эмиэ үөрэрэ.
— Таҥара Киниттэн тэйбит дьону эмиэ итинник көрдүүр, — диэн Иисус кэпсээнин түмүктээбитэ. — Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: аньыыны билинэргэ кыһаммат тоҕус уон тоҕус үтүө киһитээҕэр аньыытын билинэр аньыылаах биир киһиэхэ Халлааҥҥа ордук үөрүөхтэрэ.
Кэпсэтиигэ ыйытыылар
3 ыйытыыИисус фарисейдарга ханнык номоҕу кэпсээбитий?
Ити номохтон ордук тугу эһиги өйдөөтүгүт?
Аньыыны “кэмсинии” диэн тугуй?