
Самария үтүө киһитин туһунан номох
Библия, Лука Евангелиятын 10 түһүмэҕин 25-37 хоһоонноро
Биирдэ Иисуска Ытык Суруйуулары олус үчүгэйдик билэр киһи кэлбитэ. Итинник дьону оччолорго сокуонньуттар диэн ааттыыллара, ол аата Таҥара Сокуонун билээччилэр. Бу киһи дууһатыгар кыһаллан буолбакка, Үөрэтээччини тургутан көрөөрү ыйытыы бэлэмнээбит этэ.
«Өскөтүн Иисус онно эппиэттээтэҕинэ, оччоҕо мин Кини сыыһатын чопчу көрдөрүөм», — дии санаабыта сокуонньут.
— Үөрэтээччи, — диэн кини албаһыран ыҥырбыта, — Мин бараммат олоххо тиксэр туһугар тугу гыныахтаахпыный?
Иисус хардары ыйыппыта:
— Суруйууларга туох диэн этиллибит этэй?
Оҕуруктаах санаалаах сокуонньут бэйэтэ эппиэттииригэр тиийбитэ:
— Онно Айыы Тойон Таҥараҕын ис сүрэххиттэн уонна чугастааҕыгын бэйэҕин таптыырыҥ курдук таптаа диэн суруллар.
— Сөпкө этэҕин, — диэн сөбүлэспитэ Иисус, — ситини тутус, оччоҕо бараммат олоххо тиксиэҥ.
Сокуонньут бэйэтин таарыйтаран, хардары ыйыта охсубута:
— Ону мин билэбин. Ол гынан баран кими мин чугас киһим диибиний?
— Мин эйиэхэ биир номоҕу кэпсиэм, — диэбитэ Иисус.
Биир киһи Иерусалимтан Иерихоҥҥа баран испит. Кини айанныыр суола дьон сылдьыбат сиринэн ааһар эбит. Ол сиргэ түөкүттэр айанньыттарга үгүстэ саба түһэллэрэ үһү. Кинилэр айанньыты көрөөт, таас кэнниттэн ойон тахсан, сиэртибэлэригэр саба түспүттэр. Түөкүттэр кинини кырбаан, баарын барытын былдьаан баран атахха биллэрбиттэр. Бааһырбыт айанньыт суолга сытан хаалбыт.
Сотору кэминэн бу суолунан аҕабыыт ааһан испит. Бааһыран сытар киһини көрөөт, кини киэр хайыспыт, көмөлөһүөн баҕарбатах. Ол кэнниттэн нэһиилэ сытар киһи аттынан левит (храм үлэһитэ) ааспыт. Левит эмиэ, аҕабыыт курдук, тохтооботох, ыксалынан ааһа турбут.
Тиһэҕэр, өсүөлгэ олорон, үһүс айанньыт тиийэн кэлбит. Кини аҕабыыт да, левит да, оннооҕор Израиль киһитэ да буолбатах, Самария олохтооҕо эбит. Израиль дьонун үксэ самаряннарга хадьардык сыһыаннаһара, тоҕо диэтэр, Таҥараны сыыһа ытыктыыллар дии саныыллара. Онон кырбаммыт киһи Самария олохтооҕуттан адьас көмөнү кэтэспэтэх. Ол эрээри самарянин эчэйбит киһини көрөөт, олус аһыммыт. Кинини баастарын бэрэбээскилээн баран, сэрэнэн өсүөлүгэр олордубут уонна өйөөн-убаан хонор сиргэ диэри илдьибит. Самария олохтооҕо кини оннугар хос сыанатын төлөөбүт уонна хонноро киллэрбит.
Сарсыҥҥы күнүгэр барарыгар кини хонор сир хаһаайыныгар харчы төлөөн баран эппит: «Ыарыһаҕы көр-иһит. Өскөтүн эмтииргэр бу харчы тиийбэтэҕинэ, мин төннөн иһэн эйиэхэ өссө төлүөм».
— Дьэ, ким эмсэҕэлээбит киһиэхэ чугас буолбутуй? — Иисус кэпсээн бүтэн баран ыйыппыта.
Бу ыйытыыга эппиэттиир ыарахана суох этэ.
— Биллэн турар, көмө оҥорбут киһи, — диэбитэ сокуонньут.
— Сөпкө этэҕин, — диэбитэ Иисус, — эн эмиэ ити курдук гынар буол!
Ыйытыктар:
1) Иисуска ким ыйытыылаах кэлбитий?
Тугу ыйыппытый?
2) Иисус ханнык номоҕу кэпсээбитий?
3) Биһиэхэ чугас киһибит ким буоларый?