Иисус уунан сүрэхтэниитэ

Иисус уунан сүрэхтэниитэ

Библия, Лука Евангелиятын 3 түһүмэҕин 1-18, 21-22 хоһоонноро

Захариялаах Елисавета уоллара Иоанн төрүүрүн эмиэ Аанньал Гавриил биллэрбитэ. Таҥара Иоаҥҥа олох ураты сулууспаны анаабыта. Бу кэм устата кини улааппыта уонна Иудея кумах куйаарыгар олорбута.

Манна кумах куйаарга кинини духуобунай толкуйдарыттан туох даҕаны аралдьыппата, Иоанн Таҥаралыын алтыһарыгар толору уоскулаҥы баҕарара.

— Иордаҥҥа тиийэн Таҥара этэрин тириэрт! — диэбитэ Иоаҥҥа Таҥара уонна тугу кэпсиэхтээҕин эппитэ.

Иоанн Таҥара тылын ылынан, эппит сиригэр тиийбитэ. Кини Иордан хочотугар баар сэлиэнньэлэр бары олохтоохторугар туһаайан этэрэ:

— Кэмсиниҥ! Олоххутун уларытыҥ! Халлаан Саарыстыбата сиргэ эмиэ кэлиэҕэ! Ол кэм-кэрдии чугаһаата, бэлэм буолуҥ! Салгыы маннык хааларгыт табыллыбат!

Бастаан дьон кини ыҥырыытын соһуйа истэллэрэ. Сорохторо Иоанны күлүү гыналлара, атыттары кини тыллара кыйахыыра. Ол эрээри бу киһи Таҥара тылын тиэрдэр диэн итэҕэйэр дьон эмиэ бааллара.

— Сүрэхтэниҥ! — диэн кинилэри Иоанн ыҥырара. — Мин эһигини Иордан уутунан сүрэхтиэм. Эһиги ууга умсаҥҥыт киргитин эрэ суунар буолбатаххыт, бу эһиги дьоҥҥо барытыгар урукку олоххутун хаалларар туһунан этэр бэлиэҕит буолар. Сүрэхтэнии эһиэхэ саҥа олоххут саҕаланыыта буолуохтаах.

Элбэх киһи сүрэхтэнэрэ. Кинилэр доҕотторугар уонна билэр дьонноругар мантан ыла саҥа олоҕу олоруохпутун баҕарабыт диэн кэпсииллэрэ. Ону истибит дьон Иоанныын бэйэлэрэ билсиэхтэрин баҕараллара.

Сорохтор Иоаннтан ыйыталлара:

— Иһит эрэ! Ким эйиэхэ көҥүллээн эн дьону сүрэхтиигиний уонна кинилэр олохторун уларыталларын ирдиигиний? Эн пророктар кэпсээбит Таҥара Уолларынаҕын дуо?

— Суох, — диирэ Иоанн, — мин эһиги этэр Киһигит буолбатахпын. Ол гынан баран пророк Исаия өр сыллар анараа өттүлэригэр мин туспунан маннык этэрэ: «Айыы Тойон барар суолун бэлэмнээҥ диэн кураайы куйаарга үөгүлээччи саҥата иһиллиэҕэ». Мин эһигини уунан сүрэхтии кэллим. Оттон эһиги кэтэһэр Киһигит Айыы Тыынынан сүрэхтиэҕэ. Кини олус улахан суолталаах, мин Кини атаҕын таҥаһын быатын да сүөрэргэ сөбө суохпун.

Иоанн саҥара туран ыраахтан Иисус иһэрин көрбүтэ. Бары Кинини аһараары силэллэн биэрбиттэрэ. Онуоха Иоанн доргуччу эппитэ:

— Көрүҥ: аан дойду аньыытын-­харатын Бэйэтигэр ылынар Таҥара Хойун Оҕото бу иһэр! Бүгүн пророктар этиилэрэ туолла. Мин кэпсээбит киһим бу Кини буолар! — диэн баран пророк Иисуһу ыйбыта.

— Эйиэхэ Мин сүрэхтэнэ кэллим.

— Миэхэ сүрэхтэнээри дуо?! –Иоанн соһуйбута. — Төттөрүтүн мин Эйиэхэ сүрэхтэниэм этэ!

— Оннук буолуохтаах, Иоанн. Ол Таҥара баҕата.

Иккиэн Иордан өрүскэ киирбиттэрэ. Иоанн илиитин Иисус төбөтүгэр уурбута уонна атын дьону курдук ууга киллэрбитэ. Бу түгэҥҥэ дьикти көстүү буолбута. Иисус ууттан тахсыбытыгар Айыы Тыын халлаантан холууп буолан Киниэхэ түспүтэ. Ол кэннэ саҥа дуораһыйбыта:

— Бу Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум буолар!

Иоанн киниэхэ сүктэриллибит соругу толорбута. Кини дьоҥҥо Быыһааччы кэлиэ диэн этэрэ. Онтуката бу баар — Назареттан сылдьар Иисус, Таҥара Уола! Ол гынан баран бу иудейдар бары эмискэ Айыы Тойону итэҕэйбэтэхтэрэ. Суох, Кинини аҕыйах дьон Айыы Тойонунан билиммитэ.

Ыйытыктар:

1) Иоанн өр сылларга ханна олорбутуй?

2) Дьону сүрэхтииргэ кинини Ким соруйбутуй?

Ким аньыыны “сууйар” кыахтааҕый?

3) Иисус сүрэхтэммитигэр халлаантан Аҕа Таҥара туох диэбитий?

55. Иисус уунан сүрэхтэниитэ00:00 / 05:26