
Вавилон башнята
Библия, Төрүттэнии кинигэ 11 түһүмэҕэ
Улуу мотуок кэнниттэн Ной уолаттарыттан: Симтэн, Хамтан уонна Иафеттан — элбэх ыччат төрөөбүтэ. Бэлиэтээн эттэххэ, улуу мотуок иннинээҕи кэмнээҕэр дьон олоҕо арыый кылгаабыта. Өскөтүн Ной 950 сааһыгар диэри олорбут буоллаҕына, кини уола Сим 600 сааһыгар тиийбитэ, оттон Сим уола 430 сааһыгар диэри олорбута.
Ной удьуора сир үрдүнэн тарҕанан олоруон иннинэ маннык быһылаан буолбута. Илинтэн дьон Сеннаар сиригэр кэлбитэ. Кинилэр бары биир тылынан кэпсэтэллэрэ. Биир үтүө күн төбөлөрүгэр былаан үөскээбитэ уонна бу дьон сүбэлэспиттэрэ:
— Баран кирпииччэ үктээн уокка хатарыаҕыҥ, ол кирпииччэлэринэн халлааҥҥа тиийэр башнята тутуоҕуҥ. Ити курдук, сир үрдүнэн тарҕаныахпыт иннинэ, ааппытын хаалларыахпыт.
Айыы Тойон кинилэр улуутумсуйбут сүрэхтэрин көрөрө.
— Дьоҥҥо түһэн кинилэр тылларын булкуйуохха, оччоҕо кинилэр баламат, туох да туһата суох былааннара табыллыа суоҕа, — диэбитэ.
Дьон тута бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөт буолбуттара, тоҕо диэтэр, кинилэр араас тылынан саҥарар буолан хаалбыттара. Итинтэн сылтаан бутуур тахсыбыта, башняны тутуу тохтууругар тиийбитэ.
Ол кэнниттэн дьону Айыы Тойон сир-сир аайы тарҕаталаан кэбиспитэ. Ол иһин бу куорат Вавилон диэн ааттаммыта, ити тыл «булкуллуу» диэн суолталаах.
Ити курдук Вавилон башнятын историята улуу мотуок кэнниттэн араас омук тыла баар буолбутун быһаарар.
Ыйытыктар:
1) Дьон сир устун тарҕаныахтарын иннинэ
тугу оҥоруохтарын баҕарбыттарый?
2) Тоҕо кинилэр былааннара табыллыбатаҕый?
3) Вавилон куорат аата туох диэн суолталааҕый?