Давид уонна Саул

Давид уонна Саул

Библия, I Саарыстыбалар кинигэ 19:1-10 түһүмэҕэ

Давид ити кыайыытын кэннэ ыраахтааҕыга сулууспалыы хаалбыта. Кини Сауллуун биир остуолга олорон аһыыллара, элбэҕи кэпсэтэллэрэ, сороҕор ыраахтааҕы киниттэн сүбэ да ылара. Сотору кэминэн Давид сэрии сэбин-­сэбиргэлин бэркэ баһылыыр, ааттаах сэрииһит буола үүммүтэ. Эдэр уол тугу оҥорбутун, эппитин барытын ыраахтааҕы уонна кини чугас дьоно олус сөбүлүүллэрэ, тиһэҕэр кини ыраахтааҕы сэриитин салайааччытынан анаммыта. Саул уола Ионафан Давид чугас доҕоро этэ, бу киниэхэ эмиэ улахан суолталааҕа.

– Мин сэппин-­сэбиргэлбин, батаспын уонна охпун ыл, — диэбитэ киниэхэ Голиабы кыайбытын кэннэ Ионафан. — Бу биһиги доҕордоһуубут бэлиэтэ буоллун.

Ол күнтэн ыла Давид уонна Ионафан уу тэстибэт доҕордуу буолбуттара. Уолаттар доҕордуу сыһыаннарын олус харыстыыллара.

Норуот Давиды эмиэ сөбүлээбитэ. Эр дьон, дьахталлар уонна оҕолор кинини Сауллааҕар ордороллоро. Ыраахтааҕы ону көрөн кыйаханар буолбута, күнүүлүүр санаа кэрбээбитэ.

Биир үтүө күн Саул Давидтыын остуолга олордохторуна, ыраахтааҕы эмиэ эмискэ уордайан турбута. Давид гуслятын ылан оонньоон кинини уоскутуон баҕарбыта, ол эрээри бу сырыыга кэрэ дьүрүскэн көмөлөспөтөҕө. Тоҕо диэтэр, уордайыы төрүөтэ чуолаан Давид этэ. Саул утары олорор гуслялаах эдэр уолу көрөн, бэйэтин кыана туттумматаҕа, эркиҥҥэ өйөнөн турар үҥүүнү ылан, туох баар күүһүнэн Давикка туһаайан бырахпыта. Ол эрээри Давид сэрэх олороро, хаптас гынан биэрбитигэр, үҥүү үрдүнэн көтөн эркиҥҥэ батары түспүтэ. Ону көрөн Саул өссө ордук кыйахаммыта, иккис үҥүүтүн бырахпыта. Давид чаҕылҕанныы түргэнник аһаран биэрбэтэҕэ буоллар, кини чопчу табыахтаах этэ.

– Давиды аны көрүөхпүн баҕарбаппын! — хаһыытаабыта ыраахтааҕы. — Кини филистимляниннары утары ханна эмэ мантан ыраах тиийэн сэриилэстин.

Таҥара Давиды кытта алтыһарын Саул көрөрө, ол иһин куттанан кинини бэйэтиттэн ыраах тэйиппитэ.

Кини Голиабы кытта киирсии иннинэ биэрбит тылын тутуспутун билиниэххэ наада: кыыһа Мелхола Давид ойоҕо буолбута.

Ол да буоллар, Давид куотарыгар тиийбитэ, тоҕо диэтэххэ Ионафан Саул кинини ыраах ыытыан эрэ буолбакка, өлөрүөн баҕарарын туһунан эппитэ.

Ыйытыктар:

1) Ионафан диэн Саулга уонна Давикка кимнэрэ буоларый?

2) Саул Давиды тоҕо абааһы көрөр буолбутуй?

3) Саул Давиды хайыырга соруммутуй?

35. Давид уонна Саул00:00 / 04:08