Таас хайаттан уу тахсыыта

Таас хайаттан уу тахсыыта

Библия, Чыыһылалар кинигэ 20:1-13, 22-29 түһүмэхтэрэ

Израиль норуота уһун кэм устата кумах куйаарга бииртэн биир сиргэ көһө сылдьыбыта. Биирдэ уу диэн ханна да суох сиригэр тиийбиттэрэ. Хайаабыттара буолуо дии саныыгытый? Таҥараттан үҥэн көрдөспүттэрэ дуу, эбэтэр эмиэ муҥатыйан барбыттара дуу? Хомойуох иһин, хаһан баҕарар ыараханы көрүстэллэр эрэ буоларын курдук, кинилэр эмиэ Моисей уонна Аарон үрдүлэригэр түспүттэрэ:

– Тоҕо да биһиги эрдэ өлбөтөхпүтүй? Тоҕо эһиги биһигини Египеттэн таһаарбыккытый, бу кураайы сиргэ аччыктатан өлөрөөрү дуо? Манна смоква да, виноград да суох, букатын ханнык да ас үүммэт, аны билигин өссө иһэр да уубут суох буолла!

Кинилэр Таҥараҕа эрэммэттэрин эрэ иһин өссө да иччитэх куйаарга сылдьалларын умнубуттара.

Моисей уонна Аарон ити дьон тылын истэн олус хомойбуттара. Кинилэр норуоттан тэйэн, скиния иннигэр тиийэн сөһүргэстээн туран үҥпүттэрэ. Сотору кэминэн Таҥара кинилэри кытта кэпсэппитэ, Моисейга эппитэ:

– Тайаххын ыл уонна норуоккун хомуй. Ол кэннэ таас хайаҕа тиийэн, уу биэрэригэр эт. Оччоҕо таас хайаттан уу сүүрүгүрүө.

Ол эрээри Моисей уонна Аарон норуокка абарбыттара-сатарбыттара ааһа илигэ. Ол иһин кинилэргэ эппиттэрэ:

– Истиҥ, кэрээнэ суохтар, эһиэхэ ама бу таас хайаттан уу биэрэбит дуо?

Ол кэннэ Моисей илиитин өрө көтөҕөн, тайаҕынан таас хайаны иккитэ охсубута: уу кутулла түспүтэ, дьон уу иһэн уонна сүөһүлэрин уулатан барбыта.

Моисей уонна Аарон сөпкө быһыыланнылар дуо? Моисей хас да сыыһаны оҥорбута. Кини таас хайаны охсуо суохтаах, көннөрү хайаҕа этиэхтээх этэ! Ону таһынан Моисей уонна Аарон таас хайаттан уу ылыахха сөбүн бэйэлэрэ эмиэ саарбахтаабыттара.

Ол да буоллар, Айыы Тойон Бэйэтин норуотугар ууну биэрбитэ. Оттон Моисейдаах Аарону накаастаабыта:

– Итинник быһыыламмыккыт иһин, эһиги Ханаан сиригэр киириэххит суоҕа.

Бу кинилэргэ улахан накаастабыл этэ. Моисей күүтүүлээх Ханаан сирин – Авраам аалтаар туппут уонна Таҥараҕа сүгүрүйбүт сирин – көрүөм диэн сотору-сотору ыраланара. Ол гынан баран бу түбэлтэ кэнниттэн кини баҕа санаата туолбат буолбута.

Моисей көрсүө-сэмэй киһи этэ. Израиль дьоно үксүгэр киниэхэ махтала суохтук сыһыаннаһара уонна хомуруйара даҕаны, Моисей хаһан да кинилэргэ холустук хоруйдаабатаҕа. Бу эрэ сырыыга кини бэйэтин кыана туттумматаҕа.

Ыйытыктар:

1) Норуот эмиэ иһэр уута суох хаалан баран хайдах быһыыламмытый?

2) Моисейга таас хайаттан ууну хайдах ыл диэн Таҥара соруйбутуй?

3) Моисей Таҥара соругун атыннык хайдах толорбутуй?

4) Таҥара Моисейы уонна Аарону хайдах накаастаабытый?

25. Таас хайаттан уу тахсыыта00:00 / 04:20