
Синай хайата
Библия, Тахсыы кинигэ 19, 20, 24, 31:18 түһүмэхтэрэ
Израиль норуота былыт остуолба тохтообут сиригэр — хайа тэллэҕэр отууларын туруорбуттара. Таҥара улахан суолталааҕы этээри Моисейы хайаҕа тахсарыгар дьаһайбыта, хайаҕа тахсыбытын кэннэ эппитэ:
— Мин Израиль норуотун Египет сириттэн таһаардым, кинилэргэ амарах сыһыаммын эн көрө сылдьаҕын. Баран ыйыт, Мин кэриэстэрбин кинилэр тутуһуохтарын баҕараллар дуо?
Моисей хайаттан түспүтэ, дьонтон Таҥараҕа истигэн буолуоххут дуо диэн ыйыппыта.
— Оннук, биһиги Таҥара тугу этэрин барытын толоруохпут, — диэн Израиль дьоно хардарбыта.
Моисей хайаҕа төттөрү тахсан, дьон тылын-өһүн тиэрдибитэ:
— Израиль норуота эн кэриэстэргин тутуһуохпут дииллэр.
— Моисей, Мин кинилэри кытта эн нөҥүө кэпсэтэр буолуом. Дьоҥҥор-сэргэҕэр түһэҥҥин Мин этэрбин истэргэ бэлэм буолалларыгар соруй, — диэбитэ Таҥара.
Моисей Израиль норуотугар тиийэн эппитэ:
— Үс күнүнэн Таҥара саҥатын истиэххит уонна Кинини хайа чыпчаалыгар былыкка турарын көрүөххүт. Онно бэлэмнэниҥ уонна таҥаскытын-сапкытын көрүнүҥ, Таҥара иннигэр ыраас маҥан таҥастаах туруохтааххыт.
Моисей ким да чугаһаабатын, таарыйбатын диэн хайа тула бэлиэ сурааһыны тардалларыгар соруйбута. Хайаҕа чугаһыыллара — өлүүгэ тиэрдэр. Ол курдук, дьиэ сүөһүтэ эмиэ хайаҕа чугаһыа суохтааҕа. Тоҕо диэтэр, хайа Айыы Тойон сырдык килбиэнинэн туолуохтааҕа.
Үс күн ааспытын кэннэ сарсыарда эрдэ күүстээх этиҥ этэн лиһигириириттэн норуот титирэстии түспүтэ. Моисей барыларын отууларыттан таһырдьа тахсан, Таҥара диэки хайыһалларыгар соруйбута.
Киһи этэ салаһар дьулаан көстүүтүн көрбүттэрэ. Синай хайата буруонан бүрүллэн биир кэм дьигиһийэ турара. Тоҕо диэтэр, Таҥара Бэйэтинэн уот буолан хайа чыпчаалыгар кэлэн түспүтэ. Этиҥ этэрэ, чаҕылхан чаҕылыйара, хайа буруолуура, оттон норуот кутталыттан титирэс буолбута.
Таҥара Моисейга эппитэ:
— Хайа үрдүгэр таҕыс, Миэхэ чугаһаа.
Моисей дьон бары көрөн турдаҕына хайаҕа тахсыбыта. Таҥара киниэхэ эппитэ:
— Мин эйигин Египет сириттэн таһаарбыт, кулуттааһынтан босхолообут Айыы Тойон Таҥараҥ буолабын. Үйэҥ тухары эйиэхэ атын таҥаралар суох буоллуннар. Араас эмэгэттэри оҥостон кинилэргэ үҥүмэ да, сүгүрүйүмэ да. Айыы Тойон Таҥараҥ аатын халтайга ыҥырыма. Субуота күҥҥүн ытыктыыргын умнума. Алта күн үлэлээ уонна бэйэҥ араас дьыалаларгын оҥор, оттон сэттис күҥҥүн Таҥараҕа анаа. Сирдээҕи олоххо үйэҥ уһуурун туһугар аҕалаах ийэҕин ытыктаа. Өлөрүмэ. Көссүүлэһимэ. Уорума. Чугас киһигин холуннарыма. Атын киһи баайыгар-салыгар ымсыырыма.
Таҥара саҥаран бүппүтүгэр дьон үөрэ түспүтэ, тоҕо диэтэр, кинилэр Таҥара дорҕоонноох куолаһыттан сары диэн саллыбыттара. Моисей хайаттан түспүтүгэр дьон киниэхэ кэлэн эппиттэрэ:
— Моисей, көрдөс: Таҥара биһигини кытта аны кэпсэппэтин, биһиги олус куттанныбыт. Таҥара эйиэхэ эттин, ону эн биһиэхэ тиэрдиэҥ буоллаҕа дии.
Ол кэнниттэн Моисей хайа чыпчаалыгар этиҥ былытыгар эмиэ сүтэн хаалбыта, Таҥараҕа норуотун көрдөһүүтүн тиэрдибитэ:
— Кинилэр Эн куоласкын өссө биирдэ истиэхтэрин куттаналлар.
Таҥара хардарбыта:
— Миигиттэн дьулайаллара ордук. Мин эйигин кытта кэпсэтиэм, оттон эн кинилэргэ Мин тылбын тиэрдиэҥ.
Таҥара Моисейга хайа үрдүгэр тахсарыгар уонна Кинилиин соҕотоҕун хааларыгар соруйбута. Моисей онно түөрт уон хонук буолбута, ол тухары кини аһаабатаҕа даҕаны, уу даҕаны испэтэҕэ. Ол эрээри Айыы Тойон кини олоҕун араҥаччылыыра, Моисейдыын былыт быыһыттан кэпсэтэрэ.
Библия этэринэн Таҥара Израиль норуотугар Киниэхэ анаан Ытык Отууну (көтүрэн, миэстэттэн миэстэҕэ көһөрө сылдьыахха сөптөөх) тутарыгар дьаһал биэрбит. Итинник отууну — скиния диэн ааттаабыттара. Өссө кинилэр суорба таастары — уон кэриэс суруллубут таас билиитэлэри — угар хоппону оҥоруохтаахтара. Ол хоппо акация маһынан оҥоһуллуохтааҕа, иһиттэн-таһыттан кыһыл көмүс дуйдаах буолуохтааҕа. Бу хоппону ковчег диэн ааттаабыттара.
Онтон Таҥара Моисейга Бэйэтэ суруйбут уон кэриэстээх икки суорба тааһы биэрбитэ.
Ыйытыктар:
1) Таҥара кэпсэтээри кими хайа үрдүгэр ыҥырбытый?
2) Тоҕо хайа тула бэлиэ сурааһын тардыбыттарый?
3) Норуот Таҥара куолаһын тоҕо аны истиэн баҕарбатаҕый?
4) Моисей хайа үрдүгэр төһө өр буолбутуй?
5) Таҥара кэпсэтэн бүтэн баран Моисейга тугу биэрбитий?