Иаков атын сиргэ

Иаков атын сиргэ

Библия, Төрүттэнии кинигэ 29, 30, 31:1-12 түһүмэхтэрэ

Иаков дьэ аймахтарын сирин булан тиийбитэ. Онно маныыһыттары көрсөн Лаваны ыйыппытыгар:

— Утары көр. Ол хой үөрүн илдьэн иһэр кыыс аата Рахиль диэн, кини Лаван кыра кыыһа.

Ону истэн Иаков олус үөрбүтэ уонна соругун ситиспитигэр Таҥараҕа махтаммыта. Кини Рахиль кэрэ дьүһүнүн сэҥээрэ көрбүтэ уонна кыыска хойдорун уулатарыгар көмөлөспүтэ.

— Эн миэхэ тоҕо көмөлөһөҕүнүй? — Рахиль дьиктиргээн ыйыппыта.

— Элбэх сыл анараа өттүгэр аҕаҥ балта Ревекка бу дойдуттан Ханаан сиригэр кэргэн тахсаары барбыта.

— Билэбин, аҕам Лаван кэпсээбитэ. Оттон эн кимҥиний?

— Мин Иаковпын, Ревекка уолабын.

— Оччоҕо аймаҕым эбиккин, миигин кытта барыс! — диэн кыыс үөрүүнэн дьиэтигэр ыҥырбыта.

Лаван балтын уола кэлбитин истэн утары сүүрэн тахсыбыта:

— Аймаҕым миэхэ күндү ыалдьыт буол!

Лаван үөрүүтүттэн дьиэтигэр бырааһынньык тэрийбитэ. Кини Рахильтан ураты өссө Лия диэн улахан кыыстааҕа. Иаков аһыы олорон аймахтарыгар аҕата Исаак кырдьан көрбөт буолбутун, Ревекка этэҥҥэ сылдьарын, кини игирэ аҥаара буоларын уонна аҕатыттан алгыс ылан, утумнааччы буолбутун кэпсээбитэ.

— Этэ эрэ, Иаков, — ыйыппыта Лаван, — аҕаҥ манна кэлэргин көҥүллээбитэ дуо?

— Кини бу сиртэн ойох ыллын диэн миигин бэйэтэ ыыппыта! — диэбитэ Иаков.

Кини Рахили сөбүлүү көрөн, ойох ыларга санаммыта. Иаков убайыгар хаалан ый устата үлэлээбитэ. Биирдэ Лаван Иаковтан үлэтин иһин туох манньа ылыан баҕарарын ыйыппыта. Иаков эрдэттэн ол туһунан толкуйдаабыта.

— Лаван, кэргэн ылыаххын баҕарар буоллаххына, кыыс аҕатыгар халыым төлүөхтээххин эн билэҕин. Мин эн кыра кыыскын Рахили ойох ылыахпын баҕарабын. Ол туһугар эйиэхэ сэттэ сыл үлэлиирбин көҥүллүөҥ дуо?

— Туора киһиэхэ ойох биэрэрбинээҕэр эйиэхэ тахсыбыта ордук, — диэн Лаван үөрүүнэн сөбүлэспитэ.

Ити курдук Иаков сэттэ сыл устата киниэхэ үлэлээбитэ. Күүтүүлээх күнэ дьэ үүммүтэ. Уруу күнүгэр үгэс быһыытынан кыыс сирэйин таҥаһынан бүрүнэрэ. Сарсыҥҥы күнүн сарсыардатыгар Иаков кыыс сирэйин арыйан көрбүтэ Рахиль буолбакка, кини эдьиийэ Лия эбит!

Кини тута Лаваҥҥа сүүрэн тиийбитэ:

— Тугуй бу? Мин сэттэ сыл устата Лияны буолбакка, Рахили ойох ылаары эйиэхэ үлэлээбитим! Эн миигин албыннаабыккын!

— Манна баар үгэс быһыытынан кыра кыыһы улахан кыыс иннинэ ойох биэрбэттэр, — диэбитэ Лаван.

Иаков сиргэ тобуктуу түспүтэ уонна кыһыытыттан ытаабыта. Албыннатыы хайдах курдук абалааҕын кини дьэ өйдөөбүтэ. Лаван Иаковка өссө сэттэ сыл үлэлиир буоллаххына, Рахили ойох ыларгын көҥүллүөм диэбитэ. Ити саҕана эр киһи хас да ойохтоноро көҥүллэнэрэ, ол иһин Иаков сөбүлэспитэ. Нэдиэлэ ааспытын кэннэ өссө биир урууну тэрийбиттэрэ. Бу сырыыга Иаков албыннаппакка, таптыыр кыыһын Рахили ойох ылбыта. Иаков өссө сэттэ сыл Лаваҥҥа үлэлээбитэ. Болдьоҕо ааспытын да кэннэ кини убайыгар үлэлиирин тохтоппотоҕо. Бу сырыыга Иаков халыым төлөөрү буолбакка, бэйэтигэр сүөһүлэнэр-­астанар туһугар үлэлиирэ. Таҥара эрэннэрбитин курдук Иаковы куруутун алгыыра уонна араҥаччылыыра. Түмүгэр Иаков сүөһүтүн үөрэ Лаван сүөһүтүн үөрүнээҕэр элбээн тахсыбыта. Кини уон биир уол уонна биир кыыс оҕоломмута. Лаван уолаттарыныын Иаков баайыгар ымсыырар буолбуттара. Ол иһин Таҥара Иаковка дойдутугар, төрөппүттэрин сиригэр төннөрүгэр соруйбута.

Ыйытыктар:

1) Иаковтаах Рахиль хайдах билсиспиттэрий?

2) Лаван Иаковы хайдах албыннаабытый?

3) Тоҕо Лаван уолаттара Иаковка сыһыаннарын мөлтөппүттэрий?

12. Иаков атын сиргэ00:00 / 05:32