Иаков түүлэ

Иаков түүлэ

Библия, Төрүттэнии кинигэ 28 түһүмэҕэ

Эн бу сиртэн куотуох тустааххын! — диирэ Ревекка уолугар. Исав уордайан быраатын өлөрөргө санаммытын ийэтэ биир кулуттан истибит этэ. — Эһэҥ Авраам дойдутугар тиий, онно мин быраатым Лаван олорор. Өскөтүн хас да сыл манна көстүбэтэххинэ, убайыҥ уордайбыта ааһыаҕа. Хаһан төннөргүн мин эйиэхэ биллэриэм.

Ревекка кэргэнигэр Исаакка эппитэ:

— Иаков мантан итэҕэлэ суох дьахтары ойох ылара сатаммат, ол иһин атын сиргэ көрдүү бардын.

Исаак сөбүлэспитэ. Кини кэргэнэ Ревекка хас да сыл анараа өттүгэр Авраам дойдутуттан кэлбитэ. Ол кэриэтэ уола Иаков эмиэ өбүгэлэрин сириттэн ойох ылара сөп.

Исаак уолун Иаковы ыҥыран эппитэ:

— Уолум Иаков, бу дойдуттан ойох ылыма, ийэҥ дойдутугар Харрааҥҥа тиий. Онно эн ойоххун булуоҕуҥ. Таҥара эйигин алҕаатын!

Исавтан куотар курдук буолбакка, аҕатын сүбэтин ылынан барбыт курдук көстүөҕүттэн Иаков олус үөрбүтэ. Ити кэннэ төрөппүттэрин кытта бырастыылаһан, кини айаҥҥа туруммута.

Иаков барарыгар аҕатыттан тугу да көрдөөбөтөҕө. Кулут да, сүөһү да, оннооҕор өсүөл ылбатаҕа. Ыраах айаҥҥа, хаһан да көрбөтөх сиригэр суос-соҕотох турар бэйэтэ барара киниэхэ ыарахан этэ. Киэһэ хараҥарыыта Иаков сылайан, төбөтүн анныгар таас ууран баран, сиргэ утуйан хаалбыта. Ол диэки элбэх сиэмэх кыыллар бааллара да, Таҥара Иаковы араҥаччылыыра. Айыы Тойон Иаков дууһатыгар ыараханын билэрэ, ол иһин бу түүн киниэхэ дьикти түүлү көрдөрбүтэ.

Түүлүгэр кини сиргэ турар кирилиэһи көрбүтэ, кирилиэс халлааҥҥа тиийэр уһуннаах эбит. Ол устун аанньаллар түһэллэрэ-­тахсаллара, оттон саамай чыпчаалыгар Таҥара Бэйэтинэн турара уонна Иаковка эппитэ:

— Мин Авраамныын, Исаактыын кэпсэппит Айыы Тойон буолабын. Эн сытар сиргин мин эйиэхэ уонна эн оҕолоргор биэриэҕим. Удьуоруҥ олус халыҥыа, кинилэр нөҥүө сир бары норуоттара алҕаныахтара. Ханна да буолларгын, Мин эйигин кытта буолуоҕум уонна араҥаччылыы сылдьыаҕым.

Иаков уһуктан кэлэн: «Бу түүл мээнэҕэ буолбатах, Таҥара Бэйэтинэн дьиҥ чахчы бу сиргэ баар эбит, Кини миигин кытта кэпсэттэ», — диэн толкуйдаабыта.

Кини утуйарыгар төбөтүн уурбут тааһын ылан, ытык таас оҥорон баран үҥпүтэ:

— Айыы Тойонуом, өскөтүн Эн миигин уһун уонна кутталаах айаммар мэлдьи араҥаччылыы сырыттаххына итиэннэ этэҥҥэ эргиллэн кэллэхпинэ, мин олоҕум тухары Эйиэхэ эрэ сүгүрүйүөҕүм уонна үлэлиэҕим, Эн миэхэ биэрэргиттэн барытыттан уон гыммыт биирин куруук Эйиэхэ биэрэ туруом.

Кэпсэтиигэ ыйытыылар

3 ыйытыы
  1. Иаков тоҕо дьиэтин-уотун хаалларан ыраах сиргэ барбытый?

  2. Кини туох түүлү түһээбитий?

  3. Таҥара Иаковка тугу эппитий?

11. Иаков түүлэ00:00 / 04:37